«Дойдубутугар үлэлиэхтээхпит, түөлбэбитин сайыннарыахтаахпыт диэн санааҕа киириэххэ!»: Өлөөҥҥө сытыы боппуруоһу ырыттылар

Тохсунньу 31 күнүгэр Өлөөн нэһилиэгэр үөрэхтээһин эйгэти үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньахтарын иһинэн «Оройуоҥҥа үлэһит каадыр бэлэмнээһин тутаах соруктар» диэн ааттаах төгурук остуол ыытылынна. Бу сүбэлэһиигэ үөрэхтээһин салаатын үлэһиттэрэ, улуус тэрилтэ салайааччылара, исписэлиистэр кыттыыны ыллылар.
Ол курдук, олох- дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыба, полиция, РЭС, тыа хаһаайыстыбата, култуура, түмэл, дьоҕус урбаан, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун салайар Киин исписэлиистэрэ көрсөн — Оскуола салайааччылара үлэлиир тэрилтэлэригэр ханнык идэлээх үлэһит тиийбэтин? Үөрэҕи бүтэрэн кэлбит ыччаттар тоҕо үлэлээбэттэрий? Дойдуларыгар олохсуйбакка киин сиргэ тоҕо баралларый? — диэн сытыы боппуруостары тула киэҥ кэпсэтиини ыыттылар.

Источник: https://xn--80aaaaaqemr0d4akx.xn--p1ai/
Читайте также
Еще нет аккаунта?
Регистрация