Сир баайын туһаҕа таһаарыыга бырайыактынай үлэлэри истии ыытыллар
«Сардаҥа» хаһыат редакцията бу дьыл от ыйын 21-22 күннэригэр Өлөөн оройуонун олохтоох төрүт ураты харыстанар сирдэр дирекцияларын былаанынан Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун Үөһээ Муунатааҕы алмаастаах сири «АЛРОСА» ПАО сакааһынан уонна Өлөөн өрүс аллараа тардыытыгар «Бээнчимэ» учаастагын «АЛМАР» ХЭТ сакааһынан ыытыллыбыт научнай-чинчийэр үлэлэр түмүктэрин нэһилиэнньэҕэ билиһиннэрии буоларынан сибээстээн, дирекция дириэктэрэ Василий Егоровы көрсөн, ОВЭС түмүктэрин билиһиннэрии хайдах былааннаахтык ыытылларын быһаарарга көрдөстүбүт.
– Василий Анатольевич! Научнай чинчийиини ыыппыт экспердэр бөлөхтөрө төһө буолан уонна ханнык бириэмэҕэ Өлөөҥҥө кэлэр былааннаахтырый? – Бу үөһээ этиллибит лицензионнай учаастактарга научнай үөрэтиини Российскай Федерация биллэр Москва куораттан «Эригийиэннэр икки ардыларынааҕы экологическай аудит киинэ уонна консалтинг» (МЦЭАК) ХЭТ тэрийэн ыыппыт.
Лицензионнай учаастактарга ыытыллыбыт научнай үлэ түмүктэрин туруора, киин Генеральнай дириэктэрэ, экономическай наука доктора Потравнай Иван Михайлович салайааччылаах 5 эксперт Өлөөҥҥө кэлэн үлэлэһэр былааннаахтар.
– Научнай-чиничийэр үлэ ыытыллыбыт учаастактарыгар промышленнай үлэ ыытыллар түмүгэр тулалыыр эйгэҕэ, хамныыр-харамайга дьайыытын (ОВЭС) дьүүллэһии мунньаҕар кимнээҕи ыҥыран сырытыннарар былааннааххытый?
– Тэриллэн ыытыллыбыт научнай-чиничийэр үлэлэр түмүктэрин билиһиннэриигэ оройуон олохтоохторун кыттыыны ылалларыгар ыҥырабыт. Ол иһигэр, бастакы уочарат сирдээх-уоттаах аҕа ууһун общиналарын чилиэннэрэ, булдунан-балыгынан иитиллэн олорор нэһилиэнньэ интэриэстээхтик кыттарын күүтэбит.
– Лицензионнай учаастактарга ыытыллыбыт научнай-чинчийэр үлэ түмүктэрин нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрии хайдах былааннаах ыытыллара биллэрий?
– Билиҥҥи кэмҥэ оҥоһуллубут үлэ былаанынан Өлөөн сэлиэнньэтин олохтоохторун кытта көрсүһүү бу дьыл от ыйын 21 күнүгэр киэһээ 19 чаастан А.С.Иванов аатынан «Илкит» этнокультурнай кииҥҥэ ыытыллыаҕа уонна Харыйалаах сэлиэнньэтин олохтоохторун кытта көрсүһүүнү былаанныыбыт.
Дьэлиҥдэ уонна Ээйик сэлиэнньэтин олохтоохторугар суол-иис суоҕунан матырыйааллары билиһиннэрии бэчээт, сибээс систиэмэтинэн тиэрдиллэригэр үлэлэһиэхпит.
Источник: https://сарданагазета.рф/article/102370
Читайте также
День матери – праздник любви и заботы!
Дорогие жители и гости нашего района! Приближается один из самых теплых и трогательных праздников – День матери. Приглашаем всех вас присоединиться к этим замечательным меропри...
В Оленекском районе пройдет Декада людей с ограниченными возможностями здоровья
С 1 по 10 декабря 2024 года в Оленекском районе пройдет Декада людей с ограниченными возможностями здоровья. Сегодня в администрации района состоялось собрание, посвященное орг...
В Этнокультурном центре «Илкит» им. А.С. Иванова проводится мастер-класс по музыкальному и...
с 19 ноября в МБУК ОРЭЦ «Илкит» им. А.С. Иванова проводится обучение и мастер класс по музыкальному инструменту – хомус, который ведет виртуоз-импровизатор, пропагандист якутс...
Комментарии0
Еще нет аккаунта?
Регистрация