«Биһиги — бииргэ»

11:55, 06.02.2024

Итиннник  ааттаах  дьаарбаҥка  Ээйик орто  оскуолатыгар  буолан  ааста.  Бу атыы-тутуу дьаарбаҥкатыгар киирбит үп суһал байыаннай  дьайыыга  кыттыылаахтарыгар ананна.

Тэрээһин, улахан экранҥа Солоҕоон нэһилиэгиттэн байыаннай  дьайыыга — Ийэ дойдубутугар куттал суоһаабатын туһугар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэ — кытта сылдьар эдэр уолаттар хаартыскаларын көрдөрүүттэн саҕаланна.

Ээйик орто оскуолатын үрдүкү кылааһын уолаттара, дойдуну көсмүскээччи хас биирдии аатын этэн туран, байыастары билиһиннэрдилэр: туох идэлээхтэрин, Ээйик оскуолатын хас сыллаахха бүтэрбиттэрин, ханна үлэлии сылдьан суһал дьайыыга  барбыттарын.

Ол курдук, Петров Николай Николаевич, Павлов Василий Николаевич, Егоров Федор Анатольевич, Егоров Кэскил Анатольевич, Оленов Эрэл Александрович, Николаев Илья Вадимович, Степанов Алексей Потапович (сэрии толоонугар геройдуу охтубута, 2 бойобуой мэтээллээх) ааттара ааттанан чиэстэннилэр.

Үөрэнээччилэр бу дьаарбаҥкаҕа кыттан, эйэлээх олох олохтоноругар кыра, сэмэй кылааппытын киллэрбиттэриттэн үөрүүлэрэ үгүс.

Кэпсээтэ Иванова  Милена, Ээйик орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ. (сал.Павлова М.П.)

Ааптар хаарыскаҕа түһэриитэ.

Источник: https://xn--80aaaaaqemr0d4akx.xn--p1ai/

Читайте также

14:29, 22.11.2024

День матери – праздник любви и заботы!

Дорогие жители и гости нашего района! Приближается один из самых теплых и трогательных праздников – День матери. Приглашаем всех вас присоединиться к этим замечательным меропри...

11:35, 22.11.2024

В Оленекском районе пройдет Декада людей с ограниченными возможностями здоровья

С 1 по 10 декабря 2024 года в Оленекском районе пройдет Декада людей с ограниченными возможностями здоровья. Сегодня в администрации района состоялось собрание, посвященное орг...

15:58, 21.11.2024

В Этнокультурном центре «Илкит» им. А.С. Иванова проводится мастер-класс по музыкальному и...

с 19 ноября в МБУК ОРЭЦ «Илкит» им. А.С. Иванова проводится обучение и мастер класс по музыкальному инструменту – хомус, который ведет виртуоз-импровизатор, пропагандист якутс...

Комментарии0

Еще нет аккаунта?

Регистрация