Дьаһалта отчуотугар инники сайдыы боппуруостара туруорулуннулар
Бу дьыл тохсунньу ый 14 күнүгэр Өлөөн сэлиэнньэтинээҕи А.С. Иванов аатынан этнокултуура Киинигэр сэлиэнньэ олохтоохторун иннигэр Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон дьаһалтатын 2022 сыллааҕы үлэтин отчуотун туруоруу тэриллэн ыытылынна.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Ил Дархан оройуон инники сайдыытын боппуруостара сөптөөхтөрүн уонна кэскиллээхтэрин бэлиэтээн туран оройуоҥҥа инвестицияны киллэриигэ үлэни күүһүрдэрэ сорук туруоруллубут бириэмэтигэр үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьарбытынан киэн туттуохтаахпыт, диэн Лена Степановна бэлиэтээтэ. Салгыы муниципальнай оройуон дьаһалтатын 2022 сыллааҕы үлэтин отчуотун туруорарга тыл бэриллэр оройуон дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччытыгар Иван Александрович Саввиновка.
Дакылаатчыт оройуон дьаһалтатын отчуота биэс сүрүн хайысхаттан турарын бэлиэтээн туран, ыытыллыбыт үлэ сүрүн ситиһиилэригэр уонна быһаарыллыбатах боппуруостарын билиһиннэрдэ. Бастатан туран, 2022 сыл түмүгүнэн оройуон экэниэмикэтин тутаах салаалара уонна нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын хааччыйар тэрилтэтиһгэр бөҕө туруктаахтык үлэлээһиннэрэ ситиһиллибит. Капитальнай тутуу салаатыгар бары былааннаммыт тутуулар бириэмэтигэр тутуллан үлэҕэ киллэриллэрэ хааччыллыбытын дакылаатчыт бэлиэтээтэ. Ол курдук оройуоҥҥа бэдэрээтинэй тутуунан тутуллан үлэҕэ киирэр дьон олорор дьиэлэрэ бары толору хааччыллыылаах буолара ситиһиллибит.
Үбүлүөйдээх сылга оройуон төрүт салаатын — таба иитиитин ахсаан өттүнэн элбиирин ситиһиллибитэ биир улахан ситиһии быһыытынан сыаналанна. Маны тэҥэ дакылаатчыт оройуоҥҥа олохтоох бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга ситэ быһаарыллыбатах боппуруостар баалларын, оройуоҥҥа ынах, сылгы-сүөһү ахсаана намтааһына таһаарылла турарын. Түргэнник дохуот биэрэр тыа хаһаайыстыбатын салааларын сайыннарыыга үлэ-хамнас ситэ тэриллибэтэҕэ ыйылынна.
Дьаһалта отчуотун түмүктүүр чааһыгар мунньаҕы салайан ыыппыт оройуон дьаһалтатын баһылыга Лена Степановна нэһилиэнньэ туруорар боппуруостарын үөрэтэн баран толорууга ыларга анал былааннаах үлэни ыытарга бэлэмин биллэрдэ.
Отчуоттуур мунньах түмүгүнэн дьаһалта үлэтин биһирииргэ диэн этиини ылынан, мунньах кыттыылаахтара биир санаанан куоластаатылар.
Подробнее: https://xn--80aaaaaqemr0d4akx.xn--p1ai/article/86570
Читайте также
В Этнокультурном центре «Илкит» им. А.С. Иванова проводится мастер-класс по музыкальному и...
с 19 ноября в МБУК ОРЭЦ «Илкит» им. А.С. Иванова проводится обучение и мастер класс по музыкальному инструменту – хомус, который ведет виртуоз-импровизатор, пропагандист якутс...
Сердечное тепло Александры Васильевны Степановой
Сегодня хочется особо отметить людей, дела и поступки которых вызывают чувство глубокого уважения, наполняют душу радостным добрым светом и сердечным теплом. Эти люди обладают редк...
В Оленьке — арктическая экспедиция «Твой АГУГУК»!
Арктическая экспедиция «Твой АГУГУК» является долгосрочным проектом кузницы кадров сферы культуры и креативных индустрий Арктического государственного института культ...
Комментарии0
Еще нет аккаунта?
Регистрация