“Кирбэй хоһууна-Сибиэтик”

13:08, 06.05.2023

Харыйалаах сэлиэнньэтин олохтоох кулууп дьиэтигэр “Кирбэй хоһууна-Сибиэтик” диэн Святослав Дмитриевич Константинов туһунан, кини сырдык кэриэһигэр анаан, кинигэ биһирэмэ буолан ааста. Святослав Дмитриевич – Өлөөн улууһун Кирбэй общинатын баһылыга, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, үлэ, спорт бэтэрээнэ, үтүөкэннээх кэргэн, аҕа, эһэ, олоххо актыыбынай позициялаах, үтүө санаалаах киһи, спонсор буолан элбэх киһини үөрдүбүтэ.

Кини улахан, дьоллоох олоҕу олорбута, дьону түмэн элбэх араас таһымнаах дьаһалларга кыттара. Кинигэҕэ кини чугас дьонун, доҕотторун, ол иһигэр омук сириттэн доҕотторо, бэйэтэ суруйбут кэриэс суруга, ийэтин, доҕотторун үйэтиппит суруктара, генеологическай картата киирбиттэр.

Кинигэ түөрт түһүмэхтээх. Кинигэни хомуйан оҥордулар СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин уонна иитиитин Бочуоттаах үлэһитэ Татьяна Константиновна Константинова; СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, норуот уус-уран оҥоһуутун маастара, СӨ норуотун маастара Надежда Павловна Колодезникова; СӨ сибээһин бэтэрээнэ Татьяна Васильевна Караваева.

Кинигэ биһирэмигэр оройуон баһылыга Лена Иванова, оройуон салайааччылара, общественноһа кыттыыны ыллылар.

Источник: https://сарданагазета.рф/article/96460

Читайте также

14:29, 22.11.2024

День матери – праздник любви и заботы!

Дорогие жители и гости нашего района! Приближается один из самых теплых и трогательных праздников – День матери. Приглашаем всех вас присоединиться к этим замечательным меропри...

11:35, 22.11.2024

В Оленекском районе пройдет Декада людей с ограниченными возможностями здоровья

С 1 по 10 декабря 2024 года в Оленекском районе пройдет Декада людей с ограниченными возможностями здоровья. Сегодня в администрации района состоялось собрание, посвященное орг...

15:58, 21.11.2024

В Этнокультурном центре «Илкит» им. А.С. Иванова проводится мастер-класс по музыкальному и...

с 19 ноября в МБУК ОРЭЦ «Илкит» им. А.С. Иванова проводится обучение и мастер класс по музыкальному инструменту – хомус, который ведет виртуоз-импровизатор, пропагандист якутс...

Комментарии0

Еще нет аккаунта?

Регистрация