«Дьэлиҥдэ Күөрэгэйэ»

17:08, 22.01.2024

Саха Республикатын культуратын туйгуна, Дьэлиндэбит чаҕылхай сулуһа Василий Анисимов сырдык аатын үйэтитэргэ анаммыт икки куннээх ырыа курэҕин тэрээһиниттэн сырдатыы.

Талба талаан, ураты дьоҕур, кэрэ куолас. Киэҥ, дириҥ өй. Сырдык, үтүө санаа. Сэмэй, эйэҕэс майгы. Тулуур уонна үтүөҕэ, сырдыкка дьулуур. Олоххо-дьаһахха, үлэҕэ сатабыл уонна дьаныар.

Бу барыта биир киһиэхэ толору баара буолуо диэн киһи итэҕэйиэ суох курдук. Ол эрээри оннук дьон, олус сэдэх да буоллар, бааллар: биир чаҕылхай холобур биьиги сулуспут – Василий Анисимов.

Василий айымньылаах үлэтэ, кини толорбут ырыалара эгэлгэлээх, киэҥ хабааннаах. Василий Анисимов айар кыаҕа улахан этэ. Кини билигин биһиги кэккэбитигэр баара буоллар айымньылаах улэтэ, ыллыыр ырыата таһымтан таһымҥа тахсан иһиэ этэ. Тоҕо диэтэргит, кини баҕа санаата, сыала-соруга – аатырбыт-сураҕырбыт киһи диэн буолбатах – дьоҥҥо туох эмэ кэрэни, үтүөнү оҥорбут киһи диэн. Аҥаардас идэтин да талбыта элбэҕи этэр.

Биьиги Ойбутугэр, орто дойду олоҕун биир саамай дьоһуннаах өрүтэ – дьону кытта алтыһыы, сыһыан. Василий Анисимов курдук ча5ылхай киһини кытта алтыһан аастахха, киһи санаата чэпчиир, өйө дьайҕарар, хараҕа сырдыыр, көхсө кэҥиир, тулалыыр эйгэҥ тупсан, киэркэйэн кэлэр, олоххо тардыһыыҥ күүһүрэр.

Тохсунньу ый 19-20 күннэригэр Дьэлиндэ сиригэр үһүс тогулун ыытыллар оройуоннаа5ы күрэххэ саала иһэ ыыбыччары көрөөччү тоҕуоруһа мустубута киһини үөрдэр, күүстээх улэбитигэр өссө эбии көрөөччү өттүттэн өйөбүлү-сыанабылы биэрэр. Уопсайа түөрт нэһилиэктэн кэлэн кыттыыны ыллылар. Бу күрэх уопсайынан кистээбэккэ эттэххэ ыытыллар былааныттан хойуутаан да буоллар ыытылынна. Бэйэм саныырбынан баҕар бу кэмҥэ буоллун диэн үөһэттэн ыйыллыбыт буолуохтааҕын сэрэйэбин…

Күрэхпит ыытыллыахтааҕын эрдэттэн былааннаан Үрүҥ –Хайа, Сааскылаах, Өлөөн нэһилиэктэригэр биллэрбиппит. Дьоммут утары барбакка элбэх киһини бириэмэтигэр бэлэмнээн биһиэхэ күндү ыалдьыт буолбуттарыттан сүрдээҕин диэн үөрүүбүт муҥура суох. Өлөөн нэһилиэгиттэн Василий бииргэ үөрэммит, улэлээбит доҕоро Прокопий Иннокентьевич Павлов, Александр Степанович Иванов аатынан “Илкит” этнокультурнай киин салайааччыта Юрий Семенович Ефимов, Үрүҥ – Хайаттан “Хэйро” этнокультурнай киин художественнай салайааччыта Надежда Владимировна Туприна кэлэн күүстээх улэбитигэр үтүө өйөбүл буолан курэхпит үрдүк таһымҥа ыытылынна диэн бэлиэтиибит.

Бу курэххэ уопсайа түөрт нэһилиэктэн сүүрбэ икки киһи кыттыыны ылбыта кэрэхсэбиллээх. Тэрээһин балаһыанньата икки туһумэхтэн турда: бастакы түһүмэххэ ырыаһыттар Василий Анисимов репертуарыттан ырыаны таллылар, иккис туһумэх “Дьиэрэй ырыа барахсан” ырыаһыт бэйэтэ талан ылбыт ырыатын толордо.

Бииртэн биир күүстээх куоластаах дьон сыанаҕа тахса турарыттан киһи долгуйар, санаата өрө көтөҕүллэр. Бэлиэтээн этэр буоллахха Гран-При хаһаайынынан буолла эдэркээн талааннаах уол Константин Спиридонов Үрүҥ хайа, бастакы истиэпэннээх лауреат куустээх куолас Надежда Туприна Үрүҥ –Хайа, иккис истиэпэннээх лауреат Семен Николаев — Дьэлиндэ, үһүс истиэпэннээх лауреат Гаврил Спиридонов Үрүҥ –Хайа , дипломаннары бэлиэтээтэххэ, бастакы истиэпэннээх дипломант Юрий Ефимов- Өлөөн, иккис испиэпэннээх дипломант Семен Николаев –Дьэлиҥдэ, үһүс истиэпэннээх дипломант Айлен Васильев- Өлөөн, анал ааттарга киирдилэр: “Сана Сулус” Марфа Егорова – Дьэлиҥдэ, “Алгыстаах ырыаьыт” Виталий Протопопов Дьэлиҥдэ, “Айдарыылаах Талаан” Христина Лукинова Дьэлиҥдэ, “Ыра ча5аан ырыаьыт” Юрий Николаев Дьэлиҥдэ , “Кун куорэгэй ырыаьыт” Лена Боягир Дьэлиҥдэ, “Истин иэйиилээх ырыаьыт” Галина Игнатьева Дьэлиҥдэ, “Чуор куолас” Николай Жарков Саскылах, “Ураты куоластаах ырыаьыт” Василий Павлов Дьэлиҥдэ, “Ырыа куттаах ырыаьыт” Елизавета Спиридонова Үрүҥ –Хайа, “Бастын ырыа до5уьуола” Валентина Васильева Өлөөн, “Алыптаах ырыа бастыҥа” Олеся Туприна Үрүҥ –Хайа, “Кэскиллээх ырыаьыт” Ярослав Герасимов Дьэлиҥдэ, “Кэрэхсэбиллээх ырыаһыт” Виул Егоров Дьэлиҥдэ, “Абылаҥнаах ырыаһыт” Вера Туприна Үрүҥ –Хайа, “Саҥа аат” Дмитрий Софронов Дьэлиҥдэ буоллулар. «Көрөөччу биһирэбилэ» үрдүк аат туттарылынна Семен Николаевка.

Ити курдук биһиги конкурсаннарбыт бары дипломнарынан сыаналаах бириистэринэн на5араадаланнылар. Күрэхпитигэр Василий Анисимов дьиэ кэргэнэ, аймахтара, бииргэ үөрэммит до5отторо, улэлээбит тэрилтэлэрэ бары сыаналаах бириистэри спонсордааннар кыттааччыларга инникигэ өссө кыах биэрдэ.

Дьүүллүүр субэ састааба сөптөөх түмүгү биэрдэ диэн көрөөччүлэр санааларын үллэстэллэр. Тэрээһини түмүктээри олорон кэлбит ыалдьыттарга мини — фуршет тэрийэн санааларбытын ирэ — хоро кэпсэтэн, бэйэ- бэйэбитигэр субэ- ама бэрсиһэн үөрэн – көтөн, үнкүүлээн — ыллаан тарҕастыбыт.

Биһиги убаастанар дьоммутун  ахтан- санаан, инникитин даҕаны элбэх сыаллары туруорунан олоххо кииллэрэр былааннаахпыт. Түмүккэ баҕарыам этэ ынырыллан кэлбит ыалдьыттарга, күрэх кыттыылаахтарыгар, дьүүллүүр сүбэ састаабыгар, аймахтарбытыгар бар дьоммутугар инникигит ситиһиилээх буоллун, дьиэ кэргэннитигэр ил-эйэ эҥээрдэстин, дьоллоох- доруобай буолун.

Источник: https://t.me/aaryk_jilinda

Читайте также

16:38, 09.12.2024

Акция «Подарок солдату»

Общественницы "Арчы" из Кирбейского наслега Оленекского района своими силами собрали подарки для участников специальной военной операции, присоединившись к акции "Подарок солда...

10:52, 09.12.2024

Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с Днем Героев Отечества

Уважаемые якутяне! Сегодня наша великая страна отмечает День Героев Отечества. В этот день мы выражаем нашу огромное уважение и благодарность мужественным и самоотверженным ...

10:35, 09.12.2024

Отчетно-выборная конференция

6 декабря 2024 года состоялась отчетно-выборная конференция Оленекского отделения Саха (Якутская) республиканской организации Общего российского профсоюза работников государств...

Комментарии0

Еще нет аккаунта?

Регистрация