Киэҥ нэлэмэн туундаралаах, номоххо киирбит-халлааҥҥа харбаспыт тиис хайалардаах, ыраас оллук сүүрүктээх Өлөөнүм — мин дойдум!
Киэҥ нэлэмэн туундаралаах, номоххо киирбит-халлааҥҥа харбаспыт тиис хайалардаах, ыраас оллук сүүрүктээх Өлөөнүм — мин дойдум!
Кэрэни кэрэхсии көрөргө иитиллэн, үөрэнэн, дойдубар улаатан тахсыбыт буоламмын олус диэн киэн туттабын. Кыра эрдэхпиттэн ырыа-үҥкүү эйгэтигэр угуттанан, инникини сыаллаах соруктаах көрөргө, тулуурдаах буоларга күүһүм чочуйуллубута.
Ырыа барахсан дуорайарын тухары кэрэ эрэ үөскүүр, сырдык эрэ сандаарар, олохпут, ис турукпут тупсар, ырааһырар.
Ырыа сылаас тыынынан кэрэни саҕар, чөл олоҕу олуктуур, ырыа кэрэ күүһүнэн ыччаты иитэр, өйү-санааны сааһылыыр, кэрэни кэрэхсиир, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр, дьону түмэр…
Ырыа эйгэтигэр аан маҥнай бастакы кылааска үктэнэрбэр аҕам сиэтэн илдьэн оҕго музыкальнай оскуолатыгар фортепиано кылааһьыгар киллэрбитэ. Уһуйааччым Валентина Ивановна Кодоева өр сылларга үлэлээбит бастыҥ учуутал буолар. Бастаан эн-мин дэһэн кэпсэтээччибит, онтон кэлин биир тылы булсан ырыа кутун-сүрүн үөрэтэн элбэх билиини биэрбитэ. Ол таһынан сольфеджиоҕа үөрэппит учууталым Татьяна Лазаревна Данилкина, кини эйэҕэс санаатынан, сымнаҕас майгытынан үөрэтэн, ырыа грамотатыгар күүстээхтик билбитим. 7 сыл буолан баран мин салгыы талааммын чочуйбут үҥкүү эйгэтин угуттаабыт уһуйааччым Надежда Прокопьевна Николаева буолар. Үҥкүү-битии үөрүүнү түмэр, кыаххын-уоххун сайыннарар, эккин-сииҥҥин чэбдигирдэр. Элбэх тэрээһиннэргэ кыттан, дьону — сэргэни үөрдэн «Орончикан» ансаамбылыгар үөрэнэн дьоллоох оҕо сааһым салгыы барбыта. Оскуоланы бутэриэхпэр дылы үҥкүүгэ- ырыаҕа эрэ угуттаабакка олох араас мүччүргэннэрин көрөргө, сөптөөх санааны саныырга, сүбэ-ама биэрэн күүстээх үөрэтиини киниттэн билбитим. Куруук холобур оҥостон көрөбүн. Наһаа бэриниилээх, амарах дууһалаах, куруук дурда-хахха буолар. Хас биирдии иитиллээччилэрэ миигин кытта сөпсүһүөхтэрэ.
Мин дойдум дьоно өйдөөҥҥүт-өйөөҥҥүт толкуйдаабытым туолла, санаабытым сатанна. Эппинэн сиимминэн биллим, биир дойдулаах дьоннорум туохтааҕар да күндү, сүдү күүстээх, эрэллээх буолалларын. Дойдум дьонугар Урум-Дьэрэм!
Тапталы кытта ИМАНА
Читайте также
Сегодня мы отмечаем День пожилых людей
Сегодня мы отмечаем День пожилых людей – праздник тех, кто своим трудом создавал историю нашей страны, чьим теплом и заботой согрето не одно поколение детей, внуков, правнуков. ...
Акция «Поздравь учителя!»
⚡️ Уважаемые выпускники разных лет МБОУ «Оленекская средняя общеобразовательная школа им. Х.М. Николаева»! 👨🏫 5 октября мы отмечаем крупный профессиональный праздник - Всем...
Тунгусский кафтан с местности Сурактах, Оленекского эвенкийского национального района
Тунгусский кафтан с местности Сурактах, Оленекского эвенкийского национального района. Музей "История моя Россия". Открыт экспедицией под руководством Никиты Деевича Архипова, ...
Комментарии0
Еще нет аккаунта?
Регистрация