Учуутал династиятын салҕааччы Клавдия Григорьевна Кирееваҕа аныыбыт
Уинстон Черчилль эппитинии, оскуола учууталлара бас билэр былаастарыгар миниистирдэр ымсыыраллар эрэ. Биллиилээх бэлиитик эппитин кырдьыга учуутал уобараһыгар; билиини биэрэрин тэҥэ тутта-хапта сылдьара, дьоҥҥо сыһыана үөрэтэр оҕотун өйүгэр көстүбэт бэлиэ буолан хаалар. Учуутал оҕону иитэр-үөрэтэр сабыдыалын былааһа туохтааҕар да күүстээх.
90-с сыл бүтүүтэ уонна 2000 сыл саҕаланыыта оскуолаҕа үөрэммиттэр Клавдия Григорьевна Кирееваны “Домоводство” предмети биэрбит учууталынан билэбит. Ону баара, учуутал тус бэйэтин олоҕо дириҥ ис хоһооннооҕо уонна династияны салҕааччы киэҥ хайысхалаах педагог буолара биллэр.
— Клавдия Григорьевна биһигини 5 кылаастан иистэнэргэ, макрамелыырга, оҕуруот аһын үүннэрэргэ үөрэппитэ. Оҕо сылдьан сайын аайы лааҕырга теплицаҕа оҕурсуу үүнэрэчибит. Онтон ыла, учууталым үөрэппитин күн бүгүҥҥэ диэри туһанабын, өйдүү-саныы сылдьабын. Оскуоланы бүтэрбитим 25 сыл буолла. Макрамелыырым уонна оҕуруот аһын үүннэстэрим олохпор олус диэн туһалаата. Иллэҥ бириэмэбэр сибэкки иһитин макраменан баайан дьиэм-уотум тупсаҕай көстүүлээх оҥоробун. Баҕарыам этэ Клавдия Григорьевнаҕа уһун олоҕу, кытаанах доруобуйаны! (Любовь Семеновна Семенова (Топорова), 1998 выпуск)
Биһиги бүгүҥҥү дьоруойбут, 1942 сыллаахха Өлөөҥҥө үһүс оҕонон учуутал идэлээх Киреев Григорий Софронович дьиэ-кэргэнигэр төрөөбүт. Манан сиэттэрэн кылгастык сырдаттахха, Григорий Софронович 30-40-с сылларга Өлөөн оройуонугар билии суолун арыйбыт киһи. Савва Герасимовтыын түҥкэтэх өйү-санааны суох оҥорууну, ол эбэтэр «ликвидация безграмотности” диэн хамсааһыны этэҥҥэ ыыппыттарын туһунан судаарыстыбаннай аакта (1941 сыл сэтинньи 2 күнүнээҕи норуот комиссариатын докумуона) туоһулуур. Ааспыт үйэҕэ суруллубут докумуону, Клавдия Григорьевна архыыптан копия оҥотторон хараҕын харатын курдук харыстаан, бүөбэйдээн илдьэ сылдьара киһини сөхтөрөр.
Дойду соҕуруу өттүгэр сэрии аҥнаан киирэн ньиргийэ турар кэмигэр төрөөбүт кыысчаан, дьоно олоххо элбэх ыарахаттары көрсүбүттэрин, бииргэ төрөөбүт эдьиийдээх убайа утуу-субуу тумууга былдьаммыттарын сааһа кыра буолан өйдөөбөккө улаатар. Аҕата эмиэ, кыыһа улаатарын ситэ көрбөккө, эрдэ орто дойдуттан суох буолар. Ийэтин кытта иккиэйэх хаалаахтыыллар. Онтон, 7 сааһын туолуута II-с Күүлээттэн Дьэлиҥдэҕэ көһөн кэлэн, Клавдия кыыс олоҕун аартыга төрөөбүт дойдутугар, Өлөөн сиригэр-уотугар салҕанар.
Саҥа оскуоланы бүтэрбит оҕо бастаан утаа комсомол путевкатынан фермаҕа ынах ыаччынан үлэлиир. “Дьол хараҕа суох” дииллэринии, биир үтүө күн, учууталы солбуйар чиэскэ түбэһэн, анал үөрэҕэ суох сылдьан оҕолору үөрэтэр. Онтон ыла учуутал идэтин таптаан, Намҥа учууталлар үөрэхтэрин ситиһиилээхтик бүтэрэн, аҕатын туйаҕын хатарар дьылҕаланар.
— Хас биирдии киһиэхэ үөрэммит оскуолата, үөрэппит учууталлара киһи инники олоҕор, дьылҕатыгар ураты суолталаах буолар. Хаһан да умнуллубат, олус сымнаҕас, сылаас сыһыаннаах, күндүтүк саныыр учууталым Клавдия Григорьевна Киреева буолар. Кини хаһан да кыйаханарын, кыыһырарын көрбөтөхпүт, куруук күлэ-үөрэ сылдьарын эрэ өйдүүбүт. Клавдия Григорьевна домоводство, труд уруоктарын биэрэр этэ. Хас биирдиибитигэр кэлэн көрдөрөн, сүбэлээн, ийэлии эйэҕэс сыһыаннаах буолааччы. Ол таһынан наһаа үчүгэй кэпсээннэри кэпсээччи, кини уруоктара бары дириҥ иитэр суолталаах этилэр. Клавдия Григорьевна уруоктары ордук кэтэһээччибин. Алтыс кылааска үөрэнэ сырыттахпына наһаа үчүгэй заколка «Софиста-Твистер» бэйэтэ оҥорон бэлэхтээбитэ, ити түгэни нааһа өйдүүбүн, учууталбар махтана саныыбын. Ол саҕана муода этэ, кыргыттарга барыларыгар кэриэтэ баара, мин испэр ымсыыра саныырым, аны баттаҕым уһуна, хойуута “баттахпар наһаа барсыа этэ” диэн баҕа санааҕа ыллара сылдьыбытым. Онтон, биир үтүө күн ол баҕабын учууталым Клавдия Григорьевна толорбута. Учууталбар баҕарыам этэ кытаанах доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу! (Евдокия Валерьевна Сизых (Семенова), 2001 сыллааҕы выпуск)
Учуутал дьо5урдаах үлэтин алын сүһүөх кылааһын оҕолоруттан саҕалаан физика, математика, черчение уонна труд предметтэрин биэрэр. Ону тэҥэ, 1968 сыллаахха биир сыллааҕы кууруска Арассыыйа култууратын уонна ускуустубатын киинигэр — Ленинград куоракка үөрэнэр. Онно, сахалыы букубаар ааптара Семен Новгородов кыыһыгар ыалдьыттыы сылдьан Өлөөнү төрүттэһээччи Суслов Иннокентий Михайловиһы көрсүбүт түгэнэ Клавдия Григорьевна эдэр сааһын умнуллубат түбэлтэтэ буолан өйүгэр хатанан хаалар.
Кэлин, үөрэҕин Магадааннааҕы педучилищеҕа үрдэттэр баҕатын толорор санааттан сыалын ситиһэн боростуой ыанньыксыт кыыстан педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РФ үөрэҕириитин туйгуна, I категориялаах учуутал аатын сүкпүт учууталынан үүнэн тахсан 4 сиэн, 6 хос сиэн эйэҕэс эбээтэ буолан сынньалаҥҥа олорор да буоллар уопсастыбаннай олохтон туора турбат. Билиҥҥи кэмҥэ Герман Аляскинскай сыаркабын старостатынан 10-тан тахса сыл үлэлээн, дьон итэҕэллээх буоларыгар үлэлэһэр.
— Биһигини Клавдия Григорьевна домоводство урогар иистэнэр массыынканан туһанары, испиисэнэн, күрүчүөгүнэн баайары, макрамелыыры, бурдук аһын астыыры үөрэппитэ. Ол саҕана, мин күрүчүөгүнэн улахан салфетка баайбытым араас быыстапкаларга кыттыыны ылан элбэх бириистээх миэстэлэргэ тиксибитим. Ону тэҥэ, кофта тикпиппин хойукка диэри ийэбинээн кэтэрбит. Аны, оҕолор буолан бииргэ кырынаас чуучалатын оҥорбуппут эмиэ быыстапкаларга кыттыыны ылааччы. Домоводство уруогар ылбыт билиим күннээҕи олохпор билигин да туһалыы сылдьар. Клавдия Григорьевна уруоктарыгар — кэрэхсэбиллээх кэпсээннэринэн, туһалаах сүбэлэринэн, муударай өйөбүлүнэн — оҕолор болҕомтолорун күүскэ тардара. Элбэх оҕо дьоҕурун арыйбыт сыралаах үлэҕит, тулуургут иһин ис сүрэхпиттэн улахан махталбын уонна куруук үтүө туруктаах, үөрүү аргыстаах сылдьыҥ — диэн баҕа санаабын тиэрдэбин! (Мария Александровна Караваева, 1998 сыллааҕы выпуск)
Уран тарбахтаах учуутал баһаам оҕону бэрткэ диэн илиинэн оҥоруу айар үлэтигэр угуйбутун түмүгэр, элбэх учуутал кыргыттар улаатан, сайдан араас Саха сирин муннуктарыгар үлэлии-хамныы сылдьаллар. Биһиги билэрбитинэн, Клавдия Григорьевнаттан кынаттанан Алена Андреевна Местникова, Лариса Николаевна Дмитриева, Ирина Ивановна Караваева бэйэлэрин идэлэрин булбуттара.
Барыны бары сатыыр Өлөөн оройуонун ытык учуутала нэһилиэк бочуотун киниигэтигэр уонна СӨ үөрэҕириитин министиэристибэтин педагогическай энциклопедиятын 3 туомугар киирбитэ.
— …Номнуо оҕо сааспыт, үөрэммит кэмнэрбит ааһан хаалбыттарын билбэккэ да хаалабыт. Арай олохпутугар дьүөрэлэспит үтүө санаалаах дьоммутун хаһан да умнубаппыт. Ол курдук, күндүтүк саныыр, убаастыыр учууталбыт Клавдия Григорьевна үөрэппит кэмнэрэ өйбүтүгэр-санаабытыгар бу баар курдуктар. Ийэлии эйэҕэс сыһыана, сылаас мичээрэ, намыын куолаһа хас биирдии оҕону сырдыкка, кэрэҕэ угуйара. Киниэхэ үөрэммит кэмнэрбитин долгуйа ахта саныыбыт. Кылааска киирэн кэллэҕинэ сылаас, сырдык сыдьаайар курдуга. Хаһан да хомойо, кыыһыра сылдьарын көрбөккүн. Билигин даҕаны Клавдия Григорьевна сэниэлээх эбээ, хос эбээ буолан бокуойа суох түбүгүрэр. Аһыныгас санаалаах, оҕуруоччут бэрдэ, дьоҥҥо санаатыттан сүбэ-ама биэрэрэ үтүө холобур буолар. Биһиги дьиэ кэргэн, үөрэппит оҕолоро, Клавдия Григорьевнаҕа ис-сүрэхпититтэн махтанабыт, доруобуйаны, үөрэ-көтө сылдьарыгар баҕарабыт. Сиэннэриҥ үтүө, дьоллоох олохтоннуннар диэн алгыспытын аныыбыт! (Татьяна, Любовь, Ульяна уонна Варвара Николаевалар).
Олоҕун тутаах суолтатынан дьон-сэргэ ис дууһаларыттан суруйан ыыппыт ахтыылара уонна бэртээхэйдээх махтал тыллара Клавдия Григорьевна, 50 сыл устата кыһамньылаах үлэтин үтүөлээх түмүгүнэн буолаллар. Ону тэҥэ, 2008 сыллаахха Алексеева Антонина Васильевна салайааччылаах, Өлөөн оскуолатын 4-с кылааһын оҕолоро нууччалыы «Образ учителя в рисунках детей» диэн бырайыак иһинэн элбэх хаартыскалаан, ойуулаан-бичиктээн альбом оҥорон бэлэхтээбиттэрэ элбэх оҕо кутун туппутун бэлиэтэ (бу ыстатыйа сурулларыгар күүс-көмө буолбуттара).
Кэлиҥҥи сылларга үөрэммит оҕолор таптаан «биһиги уопсай эбээбит” диэн ааты иҥэрбиттэрэ биһигини, үөрэппит оҕолорун барыбытын, мичээрдэтэ үөрдэр.
Наталья Нетребенко
Источник: https://сарданагазета.рф/article/94858
Читайте также
День матери – праздник любви и заботы!
Дорогие жители и гости нашего района! Приближается один из самых теплых и трогательных праздников – День матери. Приглашаем всех вас присоединиться к этим замечательным меропри...
В Оленекском районе пройдет Декада людей с ограниченными возможностями здоровья
С 1 по 10 декабря 2024 года в Оленекском районе пройдет Декада людей с ограниченными возможностями здоровья. Сегодня в администрации района состоялось собрание, посвященное орг...
В Этнокультурном центре «Илкит» им. А.С. Иванова проводится мастер-класс по музыкальному и...
с 19 ноября в МБУК ОРЭЦ «Илкит» им. А.С. Иванова проводится обучение и мастер класс по музыкальному инструменту – хомус, который ведет виртуоз-импровизатор, пропагандист якутс...
Комментарии0
Еще нет аккаунта?
Регистрация