Бэс ыйын 22 күнэ – Улуу Кыайыыны уһансыбыт боростуой Советскай дьоммут ааттарыгар сүгүрүйэр күммүт
Саҥа сайдыылаах, дьон-киһи быраабын үрдүктүк тутар, демократическай судаарыстыбаны тутар Российскай Федерация олохтоохторо сылын ахсын бэс ыйын 22 күнүн – ийэ дойдуларын көҥүлүн иһин тыыннарын толук уурбут дьоммутугар сүгүрүйэн дойду үрдүнэн кэриэстэбил уонна кутурҕан күнүн быһыытынан бэлиэтиибит.
Бу күн 1941 сыллаахха фашистскай Германия туох да сэрэтиитэ суох биһиги дойдубутугар сэриинэн саба түспүт күнэ. Ол күнтэн саҕалаан биһиги норуоппут уоттаах сэрии алдьархайын билбитэ. Ийэ дойдубутун көмүскээһиҥҥэ оҕоттон улаханыгар диэри бука бары дойдуну көмүскээһиҥҥэ турбуттара. Советскай Союз норуоттара бука бары Ийэ дойдуларын көҥүлүн иһин дьоруойдуу сэрии хонуутугар сэриилэһэн уонна бүттүүн нэһилиэнньэ тыылга «Бука баратын фроҥҥа – Бука барытын кыайыыга» – диэн патриотическай хамсааһыны тэрийэн үрдүк күүрүүлээх, тэрээһиннээх үлэ түмүгэр Советскай Союз аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ фашистскай Германияны үлтүрүтэр күнэ үүммүтэ.
1945 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр фашистскай Германия салалтата Берлин куоракка Советскай Союз сэриилэрин иннигэр бэринэллэрин туһунан докумуону илин баттаабыттара.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Ийэ дойдуларын көмүскээһиҥҥэ, кини тутулуга суох буолуутун иһин 27,0 мөлүйүөнтэн тахса Советскай Союз олохтоохторо олохторун толук уурбуттара, ол иһигэр сэрии хонуутугар дьоруойдуу охтубуттара 10,0 тахса мөлүйүөн Советскай саллааттар.
Саха сирин олохтоохторо бүттүүн Советскай норуоту кытта бииргэ Ийэ дойдуларын көмүскээһиҥҥэ саамай актыыбынай кыттыыны ылбыттара. Ийэ дойдуларын көмпүскүүр Улуу сэриигэ Саха сирин олохтоохторуттан 64,0 тыһыынчаттан тахса киһи дойдуларын көмүскээһиҥҥэ уоттаах сэрии хонуутугар өстөөҕү утары харса-хабыра суох дьоруойдуу сэриилэспиттэрэ, ол иһигэр 26,0 тыһыынчаттан тахса киһи дойдуларын туһугар олохторун толук уурбуттара, сэрии хонуутуттан төннүбэтэхтэрэ. Маны тэҥэ дойдуну көмүскээһиҥҥэ хааччыйыыга «охсуулаах» үлэ фронугар мөлүйүөнүнэн дойду олохтоохторо аччыктааһыны, тымныйыыны, доруобуйаны сүтэриини аахсыбакка үлэлээн сэриилэһэр советскай Армияны саҥа бойобуой техниканы, таҥнар таҥаһынан, аһыыр аһынан уонна сэриини ситиһиилээхтик тэрийэн ыытыыга бары наадалаах сэбинэн-сэбиргэлинэн хааччыйары ситиспиттэрэ.
Өлөөн оройуонуттан сэриилэһэр Армияҕа 11 оройуон олохтооҕо бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн баран өстөөҕү самнарыыга дьоруойдуу сэриилэспиттэрэ. Бүгүҥҥү сайдыылаах уопсастыбаны тутар Өлөөн олохтоохторо «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» хамсааһыны өрө тутан бу күн уоттаах сэрии кыттыылаахтарын пааматынньыктарыгар «Кэриэстэбил уонна кутурҕан» бэлиэтин биэрэн, биир мүнүүтэлээх тохтобул биллэрэн «өйдөбүнньүк» чүмэчини уурдулар.
Бэс ыйын 22 күнэ — «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат», Улуу Кыайыыны уһансыбыт боростуой Советскай дьоммут аатарыгар сүгүрүйэр күммүт.
Источник: https://сарданагазета.рф/article/100414
Читайте также
Арктическая экспедиция «Твой АГУГУК»
23 ноября, в актовом зале Оленекской школы состоялась впечатляющая презентация работ учащихся 8-11 классов Оленекской и Харыялахской школ, которые принимали участие в научной и...
Открытие районного чемпионата по волейболу в Оленьке
Сегодня, 23 ноября 2024 года, в селе Оленек состоялось торжественное открытие районного чемпионата по волейболу среди мужских и женских команд, посвященное памяти ветеранов спо...
Подарок доброты
В рамках Года детства в Республике Саха (Якутия) и в честь 90-летия системы образования в Оленекском районе представители малого бизнеса и самозанятые нашего района сделали зам...
Комментарии0
Еще нет аккаунта?
Регистрация