Өлөөммут сырдык аата ыҥыра угуйа турарын туһугар!
Өлөөн оройуона олох хойут, Саха сиригэр гражданскай сэрии бүппүтүн кэннэ, олох хойутаан, көһө сылдьар көс олохтоох дьон олус улахан территорияга сатаан түмүллүбэккэ, сэбиэскэй былааһы утары барбыт аатыра сыспыттарын Илья Егорович Винокуров ВЦИК Уполномоченнайа миэстэтигэр кэлэн 1934 с оскуола арыттарар, 1935 сылтан «Өлөөн эбэҥки оройуона» диэн тэриллэр, онтон аатын «Өлөөн оройуона» диэҥҥэ уларыталлар. 10 — тан тахса көһө сылдьар дьиэ кэргэттэр аҕаларын сэбиэскэй былааһы утардылар диэн репрессияҕа ыыта сыһаллар. Бары биир сомоҕо буолан, түмүллэн кыһалҕаны кыайбыттара. Өлөөннөрү Илья Егорович Винокуров көмүскэспитэ, быыһаабыта. Сурук бичик диэни билбэтэх түҥкэтэх биһиги дьоммут, аҕа уустара бас көс дьоно суох хаала сыспыттара. Кэлинигэр Сэбиэскэй былааһы олохтоспут дьоннорунан сэбиэт бэрэссэдээтэллэрэ, орто түһүмэх салайааччылара буолан саҥа Өлөөнүм олохтоох дьон, бэйэлэрэ тутуспуттара. Ырыган Куруступуор, бас өс оруолу ылбыта, ол туһунан сиһилии ВА Христофоров, ветеринарнай сулуусба ветерана, Өлөөн ытык кырдьаҕаһа «Оройуон биллэр дьонноро» серияҕа кэпсиир. Бу кинигэ иһин арыйан көрдөххө оройуон бары олохтоохторо уруулар аймахтар буолаллар.
Кирбэйдэр, Солоҕооттор, Дьэлиҥдэлэр, Өлөөннөр хоһооҥҥо хоһуллар ис истэриттэн сэмэй, үөрүнньэҥ, аһыныгас, көнө майгылаахтарынан биллэллэрэ. Ыраас ис куттаахтар. Киһини итэҕэйэр, кылыылыыр, убаастабыллаахтык сыһыаннары оҕо эрдэттэн ирдэбил туруораллара. Оройуоҥҥа кэлбит дьону олус истиҥник көрсөн олохторун оҥостоллоругар көмө буолаллара. Хас биирдии кэлбит специалист оройуону сайыннара, чэлгитэ кэлбитэ диэн ураты сылаас сыһыан күннээҕи олох быраабылатынан ааҕыллара.
Сэрии сылларыгар саамай элбэх үп харчы хомуллан ИВ Сталин Өлөөн олохтоохторугар махтал суруга музейга харалла сытар. Бу биһиги дьоммут сэрии сылларыгар улэлээбит, хамсаабыт көлөһүннэрэ буолар! Бу биһиги Өлөөннөр инники харыстаан илдьэ сылдьыахтаах историябыт. Биһиги Өлөөммүт дириҥ ис хоһоонноох историятынан киэн туттабыт, улууспут салайааччыларын ытыктыыбыт, сүрдээх ыраах кыһалҕалаах суоллаах, иистээх сиргэ олоробут. Хас биирдии салайааччы биһиэхэ күндү.
Бу күннэргэ билигин үлэлии сылдьар баһылык Лена Степановна Иванова аатын киттитэр сурук оройуон прокуратуратыгар киирбитэ биһигини Өлөөннөрү киэргэппэт. Биһиги аҕа, тумус туттар дьоммут туох эмит сыыһа халты баар буоллаҕына тутатына түмсэн олорон мунньаҕынан өйдөспөт боппуруоһу быһаарсаллара. Баһылык диэн норуотунан талыллыбыт Ытык киһибит буолар. Оройуоммут, хас биирдии ыал, ыччат, оҕо инникитэ кини эппиэтинэһигэр, күннээҕи түбүгэр.
Билигин дойдубутун өстөөхтүү санаалаах дойдулар төгүрүйэн олорор кэмнэригэр, ыччаттарбыт, эр дьоннорбут дойдуларын көмүскүүр долгутуулаах күннэригэр маннык суругунан оройуоммут баһылыгар кирдээх күлүгү түһэрии бу туохха да киһи өйүгэр санаатыгар баппат быһыы майгы буолар. Мин сурук ис хоһоонун билбэппин, ол эрэн Лена Степановнаны кыра оҕо сааһыттан билэбин, республика министерстволарыгар, аҕыйах ахсааннаах норуоттар Уполномоченнайдарын быһыытынан чаҕылхайдык үлэлээбит Республика таһымыгар тарбахха баттанар салайааччы буолар. Кини Өлөөнүн туһугар норуотун итэҕэлин ылан «дойдум дьонун туһугар» диэн үлэлии сылдьар. Өлөөннөр бары киэн туттар кыыспыт буолар.
Саҥа дьылы саҥа былааннарынан, саҥа хардыыларынан саҕалыаҕыҥ! Махтаныагыҥ Лена Степановнаҕа аҕыйах сылынан Александр Степанович баҕа санааларын олоххо кииллэрэн сайда турарбытыттан. Оптоволокно киирдэ, Саҥа Өлөөн бырайыага бигэргэннэ, үс этээстээх таас дьиэлэр дьэндьэһиэхтэрэ, уулуссалар таас асфальт суолланыахтара, дьиэлэргэ итии, сылаас уу баар буолуо. Өлөөммүт куораттыы хабааннаах сайдарын оҥкулун уурда, үлэлэр бара тураллар. Саамай улахан ситиһиитэ ТТП ( территории традиционного природопользования местного значения) сокуон быһыытынан олоххо киириитин сүрүннээн Хоту улуустар промышленность киириитигэр хайдах дьаһаныахтаахтарын Өлөөн оройуонун холобуругар чопчу көрдөрдө, үлэ салганан барар. Тапталлаах Өлөөнүм дьоно, кыыспытар Лена Степановнаҕа маннык быһыы тахсыбытын биһиги ылыммаппытын тиэрдэбит. Республика прокуратурата сокуоннарга олоҕуран сөптөөх миэрэни ылыа диэн эрэнэбит.
Норуот депутата, Елена Голомарева.
Тохсунньу 8 кунэ, 2024 с.
Читайте также
В Этнокультурном центре «Илкит» им. А.С. Иванова проводится мастер-класс по музыкальному и...
с 19 ноября в МБУК ОРЭЦ «Илкит» им. А.С. Иванова проводится обучение и мастер класс по музыкальному инструменту – хомус, который ведет виртуоз-импровизатор, пропагандист якутс...
Сердечное тепло Александры Васильевны Степановой
Сегодня хочется особо отметить людей, дела и поступки которых вызывают чувство глубокого уважения, наполняют душу радостным добрым светом и сердечным теплом. Эти люди обладают редк...
В Оленьке — арктическая экспедиция «Твой АГУГУК»!
Арктическая экспедиция «Твой АГУГУК» является долгосрочным проектом кузницы кадров сферы культуры и креативных индустрий Арктического государственного института культ...
Комментарии0
Еще нет аккаунта?
Регистрация