Өлөөн делегацията Удачнайга үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ кытынна
This content has been archived. It may no longer be relevant
Өлөөн улууһун делегацията Удачнай куоракка «Якуталмаз» трест — 65 сыллаах, «АЛРОСА» АХ — 30 сыллаах, «Удачнай» трубката — 55 сыллаах, Удачнай куорат тэриллибитэ 55 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр кыттыыны ылан кэллэ. 13 киһилээх делегацияны Кирбэй нэһилиэгин баһылыга Владислав Васильевич Николаев салайан илдьэ сырытта. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр олус киэҥ далааһыннаахтык аастылар. Биһиги делегациябыт от ыйын 14 күнүгэр «Горняцкая Слава» өйдөбүнньүк мемориалыгар ыытыллыбыт миитиҥҥэ, ол киэһэ «Слава вам, алмазодобытчики!» үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытыллыбыт биэчэргэ кыттыыны ылла.
Сарсыҥҥы күн делегация Удачнай куорат баһылыга Приходько А.В. кытта боппуруос-эппиэт диэн форматтаах көрсүүһүүгэ кытынна. Баһылык Өлөөн ыччаттарыгар өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттартаата. Биһиги өттүбүтүттэн делегация салайааччыта Николаев В.В. уонна «Өлөөн» МУП дириэктэрэ Егоров А.П. кэккэ боппуруостары туруорустулар. Ол курдук, урут Өлөөн оройуона «Юбилейная» диэн базалаах эбит. Билигин ол база турар сиригэр көҥүл ылан, перевалочнай база тэрийиэхтэрин баҕаралларын уонна куорат олохтоохторун сынньатар (табаны аҕалан) баҕа санаалаахтарын, ол туһугар дьиэ-уот, табалары мэччитэр сир наадатын этиннилэр. Маннык сынньанар базаны табаһыт удьуорун салгыы тэнитэ сылдьар Степановтар дьиэ-кэргэттэрэ тэрийиэхтэрин сөбүн эттилэр.
Куорат баһылыга бу боппуруостар инники кэскиллээхтэрин бэлиэтээн туран олоххо киллэриигэ күүскэ үлэлэһиэхпит диэн эрэннэрдэ.
Подробнее: https://xn--80aaaaaqemr0d4akx.xn--p1ai/article/65400
Читайте также
Сегодня мы отмечаем День пожилых людей
Сегодня мы отмечаем День пожилых людей – праздник тех, кто своим трудом создавал историю нашей страны, чьим теплом и заботой согрето не одно поколение детей, внуков, правнуков. ...
Акция «Поздравь учителя!»
⚡️ Уважаемые выпускники разных лет МБОУ «Оленекская средняя общеобразовательная школа им. Х.М. Николаева»! 👨🏫 5 октября мы отмечаем крупный профессиональный праздник - Всем...
Тунгусский кафтан с местности Сурактах, Оленекского эвенкийского национального района
Тунгусский кафтан с местности Сурактах, Оленекского эвенкийского национального района. Музей "История моя Россия". Открыт экспедицией под руководством Никиты Деевича Архипова, ...
Комментарии0
Еще нет аккаунта?
Регистрация