Дьэлиҥдэ табаһыттарыгар оробуочай сырыы оҥоһулунна
Оройуон дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччы Иван Саввинов салайааччылаах 9 киһилээх оробуочай биригээдэ “Дьэлиҥдэ” таба иитэр хаһаайыстыба табаһыттарыгар оробуочай сырыыны оҥордо.
Табаһыттары кытта көрсүһүү табаны сааскы харааллааһын бириэмэтигэр сөп түбэһиннэрэн, “Дьэлиҥдэ” МУТ үс таба иитэр биригээдэлэрэ “Тамах” хараалыгар олохтонон олорор кэмнэригэр ыытылынна. Онон, ис хоһоонноох ирэ-хоро кэпсэтии тахсыбытын туһунан Иван Александрович иһитиннэрдэ.
Мунньахха “Дьэлиҥдэ” таба иитэр хаһаайыстыба дириэктэрэ Егор Иванов дьиэ табатын иитиитин сүрүн көрдөрүүлэрин тупсарыыга соруктаах, үс аҕыйах табалаах биригээдэлэри холбоон — биир бөдөҥсүйбүт таба иитэр биригээдэни тэрийии боппуруоһун туруорда.
Мунньахха кыттыыны ыланнар бэйэлэрин санааларын этиннилэр: оройуоннааҕы бэтэринээринэй сулууспа салайааччыта Анжела Николаева, “Өлөөн” таба иитэр хаһаайыстыба кылаабынай зоотехнига Марина Николаева, “Дьэлиҥдэ” нэһилиэгин дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһугар исписэлииһэ Мария Степанова, оройуон дьаһалтатын биир кэлим диспетчерскай сулууспатын кылаабынай исписэлииһэ Прокопий Павлов.
Таба иитэр биригээдэлэр үлэһиттэрэ биир бөдөҥсүйбүт биригээдэни тэрийэн үлэлэтии боппуруоһа уруккуттан турарын этиннилэр, онон бу сыллааҕы төрөтүү кэмиттэн саҕалаан Уудьа учаастагар тахсарга уонна 1, 4, 5 №-дээх таба иитэр биригээдэлэр биир бөдөҥсүйбүт биригээдэҕэ киирэн бииргэ үлэлэһэргэ быһаарыннылар
Николай СТРУЧКОВ
Источник: https://сарданагазета.рф/article/93874
Читайте также
Сегодня мы отмечаем День пожилых людей
Сегодня мы отмечаем День пожилых людей – праздник тех, кто своим трудом создавал историю нашей страны, чьим теплом и заботой согрето не одно поколение детей, внуков, правнуков. ...
Акция «Поздравь учителя!»
⚡️ Уважаемые выпускники разных лет МБОУ «Оленекская средняя общеобразовательная школа им. Х.М. Николаева»! 👨🏫 5 октября мы отмечаем крупный профессиональный праздник - Всем...
Тунгусский кафтан с местности Сурактах, Оленекского эвенкийского национального района
Тунгусский кафтан с местности Сурактах, Оленекского эвенкийского национального района. Музей "История моя Россия". Открыт экспедицией под руководством Никиты Деевича Архипова, ...
Комментарии0
Еще нет аккаунта?
Регистрация