Ээйиктэн тэттик сонуннар

Бу күннэргэ Күннээх Ээйик нэһилиэгин дьонугар анаан эрдэ түһэриллибит сайаапкаларынан Күөх Ньурба улууһуттан 115 эдэр куурусса, ону таһынан 25 куул эбии аһылык тиэллэн кэллэ.

Түргэнник ситэр дьиэ көтөрүн тиэрдиигэ тырааныспар ороскуотун тыа хаһаайыстыбатын салаата уйунна.

Кэлбит көтөр тутатына тустаах дьоҥҥо түҥэтилиннэ. Ээйик олохтоохторо Ньурба Маалыкайын эдэр суоппар уола Михайлов Юрий Дмитриевичка суол-иис куһаҕанын аахсыбакка тиэйэн аҕалбытыгар махталларын тиэрдэллэр.

Маны таһынан бу күҥҥэ нэһилиэкпитигэр үрдүк күүрүүлээх уот ситимин тардыы үлэтэ салҕанан бара турар, остуолбалар, саҥа подстанция турдулар.

Итиэннэ муус устар 11 күнүттэн Дьокуускайтан 13 быраас кэлэн нэһилиэнньэни көрөр-истэр үлэни ыыта сылдьар.

Источник: https://сарданагазета.рф/article/94934

Читайте также

14:29, 22.11.2024

День матери – праздник любви и заботы!

Дорогие жители и гости нашего района! Приближается один из самых теплых и трогательных праздников – День матери. Приглашаем всех вас присоединиться к этим замечательным меропри...

11:35, 22.11.2024

В Оленекском районе пройдет Декада людей с ограниченными возможностями здоровья

С 1 по 10 декабря 2024 года в Оленекском районе пройдет Декада людей с ограниченными возможностями здоровья. Сегодня в администрации района состоялось собрание, посвященное орг...

15:58, 21.11.2024

В Этнокультурном центре «Илкит» им. А.С. Иванова проводится мастер-класс по музыкальному и...

с 19 ноября в МБУК ОРЭЦ «Илкит» им. А.С. Иванова проводится обучение и мастер класс по музыкальному инструменту – хомус, который ведет виртуоз-импровизатор, пропагандист якутс...

Комментарии0

Еще нет аккаунта?

Регистрация