Өлөөн оҕолоро улуустарын чиэһин дьоһуннаахтык көмүскээтилэр

10:13, 16.06.2023

Бэс ыйын 5-10 күннэригэр Дьокуускай куоракка “Спортивные якутяне” оскуола оҕолорун Спартакиадатын түмүктүүр түһүмэҕэ буолан ааста.

Спартакиада историятын ылан көрөр буоллахха, бу күрэх “Старты надежд” диэн ааттанан аан бастаан 1994 сыллаахха ыытыллыбыта. Салгыы, 2000-2016 сс. ”Олимпийские надежды” диэн ааттах Спартакиадалар ыытыллар буолбуттара. Тиһэҕин, 20-с комплекснай спартакиада 2017 с. ыытыллыбыта. Хас да сыллаах тохтобул кэннитттэн өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев тус дьаһалынан былырыын күһүн оҕо успуордун сайдыытын концепцията уонна спартакиада балаһыанньата бигэргэтиллибитэ.

Быйылгы спартакиадаҕа өрөспүүбүлүкэ бэйэни салайынар тэриллиилэрэ 4 бөлөххө арахсан уопсайа успуорт 27 көрүҥэр күрэхтэстилэр. Спартакиада зачетугар киирэр күрэхтэр олунньу ыйтан саҕаланан тиһигин быспакка ыытыллан кэллилэр. Спартакиаданы түмүктүүр сүрүн түһүмэххэ өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарытттан 1300 тахса кыттааччы кэлэн успуорт 9 көрүҥэр: 3х3 баскетболга, боксаҕа, көҥүл тустууга, чэпчэки атлетикаҕа, остуол тенниһигэр, буулдьанан уонна оҕунан ытыыга, саахыматка, бадминтоҥҥа илин-кэлин түһүстүлэр.

Бэс ыйын 10 күнүгэр Николай Тарскай аатынан «Туймаада» стадиоҥҥа үөрүүлээх быһыыга-майгыга Спартакиада сабыллыыта буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, СӨ үөрэҕириигэ уонна наукаҕа миниистирин бастакы солбуйааччы

Алевтина Аргунова, СӨ физическэй култуураҕа уонна успуорка миниистирэ Леонид Спиридонов, «Юные якутяне» РРЦ дириэктэрэ Ирина Черкашина кыттыыны ыллылар.

“Быйылгы Спартакиадаҕа хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх спорстсмен кыттыыны ылла. Спартакиада бары түһүмэхтэригэр уопсайа 62 тыһ. тахса оҕо кытынна. Спартакиада түмүгүнэн биһиги Арассыыйа оҕолорун спартакиадатын сүрүн түһүмэҕэр кыттарга

Сахабыт сирин хамаандатын сүүмэрдээтибит. Уонна биллэн турар, бу спартакиада түмүгүнэн чулуу спортсменнарбытын 2024 сылга өрөспүүбүлүкэбит сиригэр-уотугар ыытыллар ”Азия оҕолоро” VIII норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларыгар сүүмэрдиэхпит. Билэргит курдук, өрөспүүбүлүкэ Баһылыга Айсен Николаев оҕо успуорда кэнэҕэски көлүөнэ чөл туруктаах буолуутугар уонна успуорка улахан ситиһиилэргэ олук буоларынан оҕо успуорда сайдыытын өйөөһүн судаарыстыбаннай политика приоритета диэн биллэрбитэ”, — диэн Сергей Местников бэйэтин эҕэрдэ тылыгар бэлиэтээтэ.

Спартакиадаҕа уопсайа 390 комплект мэтээл оонньонно. 5 күннээх сыралаах күрэхтэр түмүктэринэн бириистээх миэстэлэри ыллылар: Бастакы бөлөх: Докуускай куорат хамаандата, Мэҥэ-Хаҥалас, Сунтаар.

Иккис бөлөх: Уус-Алдан, Үөһээ Бүлүү, Амма.

Үһүс бөлөх: Кэбээйи, Уус-Майа, Булун.

Төрдүс бөлөх: Эдьигээн, Өлөөн, Муома.

Бириистээх миэстэлэри ылбыт хамаандалар кубоктарынан уонна сэртипикээттэринэн наҕараадаланнылар: бастакы миэстэ иһин – 250 тыһ. солк., иккис миэстэ – 150 тыһ. солк., үһүс миэстэ – 100 тыһ солк.

Бу Спартакаидаҕа Өлөөн улууһун хамаандата хайдах кыттыбытын туһунан хамаанда бэрэстэбиитэлэ Ия Федорова кэпсиир:

— Биһиги улууспут хамаандата быйыл сөргүтүллүбүт оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакидаларыгар куһаҕана суохтук кытынна диэн сыаналыыбын. Ол курдук, уопсай түмүккэ бэйэбит бөлөхпүтүгэр Эдьигээн хамаандатыттан биир эрэ очукуонан хаалан иккис миэстэни ыллыбыт. Күрэхтэһии тыҥааһына олус күүрээннээх этэ. Бүтэһик күҥҥэ дылы 8 очукуонан куотан инники испиппит. Ол кэннэ, саахымакка Үөһээ Халыманы кытта очукуобут тэҥнэһэн баран, хаачыстыбанан баһыйтараммыт, бөлөхпүтүгэр үһүс миэстэни ыллыбыт. Бу иннинэ көҥүл тустууга, бадминтоҥҥа, баскетболга төрдүс миэстэлэри ылбыппыт. Бу балаһыанньанан эдьигээннэр толору туһананнар ситэн ылллылар уонна бастакы миэстэҕэ таҕыстылар. Уопсай зачету таһаарыыга 10 булгуччулаах (баскетбол 3х3, көҥүл тустуу, чэпчэки атлетика, мас-рестлинг, «ГТО» ВФСК многоборьета, остуол тенниһэ, хотугу многоборье, теоретическай конкурс, хапсаҕай, саахымат) уонна 5 эбии көрүҥнэр чулуу көрдөрүүлэрэ киирэллэр. Биһиги мас-рестлинг күрэҕэр кыттыбаккабыт 11 ыстараап очукуону ылбыппыт оҕустар даҕаны, ити инники этиллибит көрүҥнэргэ арыый үчүгэйдик кыттан, үс иһигэр киирбиппит буоллар түмүк өссө ордук буолуо этэ. Ол да буоллар биһиги санаабытын түһэрбэппит, сүрүнэ диэн — маннык Саха сирин улахан түһүлгэтигэр оҕолорбут аан маҥнайгыларын кыттан улахан уопут ыллылар. Мантан салгыы, Спартакиада түмүгүнэн оҕо успуордун сайыннарыыга тустаах стратегическай бырагыраама оҥостоммут үлэбитин өссө күүһүрдүөхпүт диэн былааннаахпыт.


Источник: https://сарданагазета.рф/article/99796

Читайте также

15:58, 21.11.2024

В Этнокультурном центре «Илкит» им. А.С. Иванова проводится мастер-класс по музыкальному и...

с 19 ноября в МБУК ОРЭЦ «Илкит» им. А.С. Иванова проводится обучение и мастер класс по музыкальному инструменту – хомус, который ведет виртуоз-импровизатор, пропагандист якутс...

14:28, 21.11.2024

Сердечное тепло Александры Васильевны Степановой

Сегодня хочется особо отметить людей, дела и поступки которых вызывают чувство глубокого уважения, наполняют душу радостным добрым светом и сердечным теплом. Эти люди обладают редк...

15:30, 20.11.2024

В Оленьке — арктическая экспедиция «Твой АГУГУК»!

  Арктическая экспедиция «Твой АГУГУК» является долгосрочным проектом кузницы кадров сферы культуры и креативных индустрий Арктического государственного института культ...

Комментарии0

Еще нет аккаунта?

Регистрация