Көлүөнэлэр быстыбат ситимнэрэ

10:07, 04.12.2023

Кирбэй нэһилиэгэ сэргэхтик олорор диэтэххэ сыыһа буолбата буолуо. Сэтинньи ый бүтэһик күннэригэр биһиги нэһилиэкпит Г.В.Николаева аатынан «Илькээни» култуура киинигэр «Бииргэ буоллахпытына — биһиги кыахтаахпыт» диэн девизтээх, Харыйалаах оскуолатын араас сылларга бүтэрээччилэр ортолоругар спартакиада буолан ааста.

Ааһан эрэр 2023 сылга биһиги нэһилиэкпит Саха Өрөспүүбүлүкэбитигэр сылы быһа ыытыллар «Доруобай нэһилиэк» диэн бырайыакка кыттан кэллэ. Бырайыак чэрчитинэн былаан быһыытынан араас таһымнаах күрэхтэһиилэр ыытылыннылар.

Ол курдук, бу сырыыга Харыйалаах орто оскуолатын бүтэрээччилэр хас да көлүөнэҕэ арахсан волейбол, дуобат, сыал ытыы, көрдөөх стартар, ону тэҥэ төрүт оонньуулар — хабылык, хаамыска көрүҥнэригэр күрэхтэстилэр.

Нэһилиэк иһинэн ыытыллыбыт күрэхтэргэ уопсай түмүккэ бастакы миэстэҕэ — 1981-1990 сс., 2 миэстэҕэ — 1991- 2000сс., 3 миэстэҕэ — 2011-2022сс., 4 миэстэҕэ — 2001-2010 сс., бүтэрээччилэр таҕыстылар. Маны тэҥэ, аҕам саастаах көлүөнэлэр — оскуоланы 1971-1980 сс. бүтэрбит выпускниктара эдэрдэртэн итэҕэһэ суох кытыннылар. Спартакиада дьону түмүүтэ үрдүк диэн бары да астыммыттар, ол курдук 70-тан тахса киһи кыттыбыт.

Спартакиада ыытыллыбыт сыала-соруга патриотическай суолталаах буолан коммерческай, ол аата көрүҥнэргэ кыттааччылар усунуос төлөөн күрэхтэстилэр. Бу күннэргэ кыттыбыт дьон барыта 71 000 солкуобайы киллэрэн, анал байыаннай дьайыыга көмө быһыытынан анаан, «Сигундер» пуондаҕа туттардылар.

Саамай аҕам саастаах кыттааччы Вера Васильевна Семенова остуол оонньууларыгар күрэхтэһэн көрөөччүлэри сэргэхситтэ. Ити курдук, Кирбэй нэһилиэгин араас сылларга бүтэрбит оҕолор, саастаахтар билигин төһө бэйэлэрэ ыал эбээлэрэ, эһээлэрэ буолан олордоллор кэнчээри ыччаты сырдыкка, үтүөҕэ сирдии сылдьаллара холобур буолар.

Спартакиада тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык барда. Бары кыттыбыт спортсменнарга, тэрийээччи олохтоох дьаһалта үлэһиттэригэр, баһылык Николаев Владислав Васильевичка, дьахтар комитетыгар махтанабыт. Бастакы тэрээһин буолан сорох көрүҥнэргэ хамаандаларга эр дьон аҕыйах буолла, билигин дьон үксэ бултана тыаҕа сылдьалларынан. Көлүөнэнэн түмсүү инникитин өссө сэргэх тэрээһиннэр былаан быһыытынан ыытыллыахтара. Бары актыыбынайдык кыттыбыккытар махтал, доруобай буолуҥ!

Надежда Колодезникова

Источник: https://xn--80aaaaaqemr0d4akx.xn--p1ai/kelyeneler-bystybat-sitimnere/

Читайте также

15:58, 21.11.2024

В Этнокультурном центре «Илкит» им. А.С. Иванова проводится мастер-класс по музыкальному и...

с 19 ноября в МБУК ОРЭЦ «Илкит» им. А.С. Иванова проводится обучение и мастер класс по музыкальному инструменту – хомус, который ведет виртуоз-импровизатор, пропагандист якутс...

14:28, 21.11.2024

Сердечное тепло Александры Васильевны Степановой

Сегодня хочется особо отметить людей, дела и поступки которых вызывают чувство глубокого уважения, наполняют душу радостным добрым светом и сердечным теплом. Эти люди обладают редк...

15:30, 20.11.2024

В Оленьке — арктическая экспедиция «Твой АГУГУК»!

  Арктическая экспедиция «Твой АГУГУК» является долгосрочным проектом кузницы кадров сферы культуры и креативных индустрий Арктического государственного института культ...

Комментарии0

Еще нет аккаунта?

Регистрация