Николай Щеглов Белоруссияҕа ситиһиилэннэ

11:51, 01.07.2022

This content has been archived. It may no longer be relevant

Бу күннэргэ Саха сирин эдэр тустууктара Белоруссия Гомель куоратыгар «Золотая рысь» диэн көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга ситиһиилээхтик кытыннылар. «Золотая рысь» диэн үгэс буолбут, сылын аайы уолаттар ортолугар ыытыллар күрэх буолар. Бэс ыйын 29-30 күннэригэр Гомельга, чэпчэки атлетика Дыбарыаһыгар тэлгэммит көбүөрдэргэ Белоруссия, Россия, Дагестан уонна Саха сирин хамаандаларыттан 210 эдэр бөҕөстөр күөн көрүстүлэр.

Икки күннээх сытыы хапсыһыылар түмүктэригэр Саха сирин уолаттара дойдуларыгар 3 кыһыл көмүс, 2 боруонса мэтээли аҕаллылар. Ол курдук, бу күрэх быйылгы сыллааҕы кыайыылаахтарынан Игорь Матвеев (65 кг), Николай Щеглов (60 кг) уонна Ньургун Чукров (110 кг) таҕыстылар. Руслан Меркурьев уонна Дьулус Петров (иккиэн 55 кг) боруонса мэтээл хаһаайыннарынан буоллулар.

Биһигини ордук 16 саастаах Николай Щеглов ситиһиитэ үөрдэр. Санатан этэр буоллахха, бу эдэр киһи туһунан биһиги урукку да сылларга сырдатан турабыт. Коля — Өлөөн улууһуттан силистээх Саха сирин биир кэскиллээх, элбэҕи эрэннэрэр эдэр бөҕөһө буолар. Кини Дьокуускайдааҕы Олимпийскай эрэллэр училищеларын II-с куурсун устудьуона.

«Гомельга Коля уопсайа 5-тэ туһунна уонна барытыгар ыраас техническэй кыайыыны ситистэ. Биэс хапсыһыы тухары утарылаһааччыларыгар үс эрэ баалы биэрбитин бэлиэтиир тоҕоостоох» — диэн Коля эһээтэ Спиридонов Сергей Сергеевич биллэрэр.

Үрэн хоһуун сыдьааннарын удьуордаабыт Николай Щегловка өссө да үрдүк ситиһиилэри баҕаран туран, Өлөөнүн улууһун аан дойдуга аар саарга аатырда турарыгар баҕа санаабытын тиэрдэбит.

Подробнее: https://xn--80aaaaaqemr0d4akx.xn--p1ai/article/63087

Читайте также

10:22, 14.01.2025

ОТЧЕТ ГЛАВЫ РАЙОНА ОБ ИТОГАХ ДЕЯТЕЛЬНОСТИ ЗА 2024 ГОД В СЕЛЕ ХАРЫЯЛАХ

13 января в селе Харыялах состоялся отчет Главы муниципального района перед жителями о работе администрации за 2024 год. Первый заместитель главы района Альгис Сергеев представ...

10:12, 13.01.2025

Отчет Главы района об итогах деятельности за 2024 год в селе Жилинда

0 января 2025 года в селе Жилинда состоялся отчет Главы района о работе администрации муниципального района «Оленекский эвенкийский национальный район» за 2024 год. Первый заме...

10:10, 13.01.2025

В селе Жилинда торжественно вручены ключи от новых квартир

10 января, в селе Жилинда состоялось торжественное открытие жилого дома на 10 квартир, возведенного в рамках  Республиканской адресной программы «Переселение граждан из аварийного ...

Комментарии0

Еще нет аккаунта?

Регистрация