Сүүрүү бырыыһынньыга
Кыайыы күнэ – биһиги норуоппутугар, Саха сирин хас биирдии олохтооҕор ытык күн. Саха сириттэн Советскай Союз Геройа буолбут 25 киһи аата Кыайыы летопиһыгар көмүс буукубаларынан суруллубуттара. Биһиги хаан тохтуулаах кыргыһыыларга фашисткай Германияны самнарбыт буойуннарбытынан, тыылга Кыайыыны уһансыбыт уонна сэрии кэннинээҕи аас-туор сылларга дойдуну чөлгө түһэриигэ бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбит дьоммутунан киэн туттабыт. Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ фронтовиктар уонна тыыл үлэһиттэрин сырдык ааттарын кэриэстииллэр, бэтэрээннэрбитигэр сылаас сыһыаммыт, истиҥ болҕомтобут – биһиги ытык иэспит. Ол курдук, ыам ыйын 17 күнүгэр биһиги эһээбит улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, Ленинградскай фронт 663 туспа батальонун 2 ротатын сапера, снайперскай оскуола байыаһа, “Хорсунун иһин” мэтээл кавалера, Гаврил Федотович Никифоров аатынан бирииһи 5000 миэтэрэ сүүрүүгэ 2002 сыллаахтан олохтообуппут. Кыайыы күнүгэр силлиэ-буурҕа, инчэҕэй хаар түһэн көһөрөн дьиэ-кэргэн күнүгэр анаан тэрээһиммитин ыыттыбыт.
Быйылгы сүүрүүгэ 15 эдэр ыччат күөн көрүстүлэр, хаһааҥҥытааҕар да элбэх сүүрээччи уһун биэтэккэ бэйэтин күүһүн Кирбэй национальнай нэһилиэгиттэн Александр Корякин, Егор Семенов, Иннокентий Матвеев, Дьулуур Романов Харыйалаах орто оскуолатын 10 кылаас үөрэнээччилэрэ, Өлөөн нэһилиэгиттэн Евгений Тимофеев, Федор Син-Хой, Эдуард Еремеев, Вениамин Васильев, Нестор Петров, Николай Винокуров, Арчылаан Ноговицын, Богдан Тихонов, Өлөөн орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Дмитрий Павлов 11 кылаас, соҕотох кыталык кыыс Инна Петрова 11 кылаас уонна саамай кыра саастаах кыттааччы Арсен Боягир 5 кылаас бэйэлэрин күүстэрин холонон сүүрдүлэр. Уолаттар аадьуо сүүрүүлэрин саҕалаатылар бастакы километрга Эдуард Еремеев, Иннокентий Матвеев, Егор Семенов инникилэр, иккис километрга Александр Корякин, Егор Семенов, Инноконтий Матвеев, үһүс километрга Александр Корякин, икки сүүсчэкэ миэтэрэнэн хаалан Эдуард Еремеев, Иннокентий Матвеев, төрдүс километр Александр Корякин, Иннокентий Матвеев, Арчылаан Ноговицын, бүтэһик биэтэккэ километр аҥарынан дьонун хаалларан эрэллээхтик Александр Корякин 22 мүнүүтэ 29 сөкүүндэнэн кэлэн бастаата, иккис Иннокентий Матвеев 23 мүнүүтэ 17 сөкүүндэ, үһүс Арчылаан Ноговицын 23 мүнүүтэ, 20 сөкүүндэнэн түмүктээтилэр. Бу күрэххэ соҕотох кыыс Инна Петрова бэйэтин уһун дистанцияҕа уолаттары кытта тэҥҥэ сүүрэн бэйэтин күүһүн, уһун тыыннааҕын дакаастаата. Онтон саамай кыра саастаах сүүрээччи Арсен Боягир улахан уолаттартан хаалсыбакка, бастакы уһун дистанцияҕа бэйэтин күүһүн холонно уонна чиэстээхтик 33 мүнүүтэ 04 сөкүүндэнэн түмүктээтэ. Дьэ бу баар сыалын ситиһиитэ, дьулуура, хорсуна. Маннык дьулуурдаах буолааҕына олоххо ситиһиилэниэ турдаҕа. Спорт араас көрүҥнэригэр спордунан дьарыктаныы, эрчиллии сүмэһинин, эттэригэр-хааннарыгар иҥэриммит буолан улахан ситиһиилэнэллэр. Бу сүүрүү биэтэгэр спортсменнарбыт көрдөрүүлэрэ төһө да сэмэй буоллаллар төрөөбүт Өлөөммүт сайдыытыгар, спортивнай эйгэҕэ бастакы хараҥаччылар буолбуттарын туоһулуур. Хас биирдии киһи тус олоҕун үөрүйэҕин, өйүн, саныыр санаатын, дьулуурун түмэн, этин-сиинин чэгиэн-чэбдик илдьэ сылдьарыгар, киһи саамай күндү баайын-доруобуйатын көрүнэригэр дьоһуннаах хайысха дии саныыбын.
Этэҥҥэ чэгиэн буолуоҕуҥ! Үүммүт күҥҥэ сырдык санаанан салайтарыаҕыҥ, кыаллыбат да түгэн баар буоллаҕына, үчүгэйи эрэ ыраланыаҕыҥ, күүстээх санаа, олоххо дьулуур, тулхадыйбат тулааһын аргыс буоллун! Сырдык санаанан салайтаран, истиҥ мичээринэн дьоҥҥо үөрүүгүтүн бэлэхтээҥ, кыраттан кынаттанан үөһэ диэки дабайыҥ, кыһалҕаны кыайар кынаттаах ыраланыҥ, ыараханы баһыйар ыйдаҥалаах санааланыҥ, сырдык санааны кытта сыдьаайа, үөрэ сылдьыҥ!
Баҕарабын Эйэлээх олох-кэрэ бэлэҕэ буолан үүммүт күнтэн үөрүүнү, ыарахаттан чаҕыйбакка инникигэ дьулуһууну, Ийэ сирбит, айылҕабыт чэбдик, дьэҥкир уулаах, ыраас салгыннаах буоллун, Аан дойдуга ил-эйэ эҥэрдэстин, дьол-соргу тосхойдун!
Ульяна Никифорова, сүүрүү күрэҕин тэрийээччи
Читайте также
Интернету в Эйике быть!
На портале Госуслуг проходит голосование за подключение к мобильному интернету села Эйик Шологонского наслега Оленекского района. 😔В настоящее время село набрало меньше 500 ...
Оленекским ходокам — участницам Всероссийского чемпионата «Человек идущий» не страшны никакие ...
🔥 Оленекским ходокам - участницам Всероссийского чемпионата «Человек идущий» не страшны никакие зимние стужи! 🔼 Вот уже как десять дней команда любителей скандинавской ходьбы «...
«Синильгэн» — обрядовый праздник эвенкийского народа
"Синильгэн" - обрядовый праздник эвенкийского народа. Праздник первого снега, когда природа впадает в глубокий сон, охотники просят духа тайги и тундры "Сэвэки" быть благосклонным ...
Комментарии0
Еще нет аккаунта?
Регистрация