Өлөөн оройуонун күн-күбэй ийэлэрэ уонна ытык мааны аҕалара!
This content has been archived. It may no longer be relevant
Өлөөн оройуонун күн-күбэй ийэлэрэ уонна ытык мааны аҕалара! Тус бэйэм ааппыттан быйылгы республикаҕа биллэриллибит Ийэ сылыгар 30-с сылын бэлиэтэнэр Ийэ күнүнэн уонна биһиги оройуоммутугар бу сылга биллэриллибит Аҕа сылыгар бэлиэтэнэринэн өссө улахан суолталанар бүтүн Россия үрдүнэн ыытыллар Аҕалар күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиирбин көҥүллээҥ! Күндү ийэлэр! Эһиги ийэ буолар дьолу билэн, о5о минньигэс мичээринэн сылаанньыйагыт. Кун аайы тубугурэ улэлээн дьиэ кэргэн дьолун тустуугут. Ырыаҕа ылланарыныы “Ийэ баар буолан бу сиргэ тэрууллэр генийдэр, геройдар, оло5у сал5ааччылар”. Биһиэхэ, хоту чэпчэкитэ суох уратылаах олохтоох-дьаһахтаах тыйыс усулуобуйаҕа олорор ийэлэр, былыр- былыргыттан көс олохтоох ураһа дьиэбититтэн саҕалаан билиҥҥи сайдыылаах олоххо диэри Ийэ үрдүк аатын чиэстээхтик санныгытыгар сугэн кэлбит Далбар хотуттар буолаҕыт! Күннэтэ түбүгүрэ сылдьар, барыбыт туһугар кыһаллар тапталлаах кэргэн, иһирэх ийэ, эйэҕэс эбэ – бу тыа сирин дьахтарын уобараһа. Судаарыстыба өттүттэн билигин эһигини көмүскүүр, өйүүр араас чэпчэтиилэр баар буоллулар, тыа сирин өрө тардар, тупсарар бырагыраамалар олоххо киирдилэр, үбүлээһин улаатар. Оттон дьоһуннаах аҕа — иллээх дьиэ кэргэн, оҕо-уруу сайдар, үүнэр олуга. Оройуоммут бары аҕаларын ис сүрэхпиттэн бу үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлиибин! Аҕа күнэ — бигэ туруктаах, эйэлээх дьиэ кэргэн бырааһынньыга. Хас биирдии эр киһи, хас биирдии аҕа олоххо үтүө холобурунан оҕолорун иитэр, олоҕун аргыһын истиҥ сыһыанынан өйдүүр-өйүүр буоллаҕына — ол удьуор дьолун төрдө буолар. Кэрэчээн о5олор күн күбэй ийэлэрэ, алаьа дьиэ хаһаайкалара куруутун уөрэ-көтө мичилийэ сылдьыҥ уонна үлэни өрө туппут күүстээх санаалаах ытык-мааны аҕалар бу бэлиэ күҥҥүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн туран, баҕарыам этэ ыстаал доруобуйаны, быр-бааччы олоҕу, чэгиэн-чэбдик ыччаты, түмсүүлээх дьиэ кэргэни, этэҥҥэ буолууну!
Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун баһылыга Лена Иванова
Читайте также
Начались обучения по проекту акселератора «Кынат»
15 человек с нашего района в возрасте от 12 до 35 лет начали обучение по таким направлениям как: «ИгроЛаб» – обучение разработке игр, участие в конкурсе и реализация проектов; ...
К юбилейному для района году жители получат немало хороших подарков
К юбилейному для района году жители получат немало хороших подарков в части обустройства населенных пунктов, которые напрямую повлияют на повышение качества жизни. В МО «Ки...
«Кынат» – окрыляет!
В 2022 году группа якутских энтузиастов по продвижению среди населения идей инновационного и цифрового развития объединилась в акселератор «Кынат» во главе с Саргыланой Петров...
Комментарии0
Еще нет аккаунта?
Регистрация