Александр Степанович аатынан сквер арылынна

11:00, 12.09.2022

This content has been archived. It may no longer be relevant

«…Дойдуҥ дьоно эн ааккын суруйуо, Таас хайа үрдүгэр, килбэтэн туруоруо…” Бээһээ, Өлөөммүтүгэр биир бэлиэ, умнуллубат долгутуулаах күн тосхойдо. Тапталлаах Өлөөммүт биир чаҕылкай, хоһуун ыччата эбэҥки норуотун чулуу уола, патриот, өрүү саныы сылдьар убаастыыр салайааччыбыт, Александр Степанович Иванов аатынан сквер үөрүүлээхтик аһыллыыта буолла.

Сквер аһыллыытын туоһулуур аалай кыһыл лиэнтэни быһар чиэс бэриллэр СР Бочуоттаах тутааччыта, үлэ ветерана, Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон Бочуоттаах олохтооҕо Иван Власьевич Атаковка, Василий Васильевич Христофоровка – Александр Степанович коллегатыгар, соратнигар, бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэр Платон Гаврильевич Семеновка. Бу кэмҥэ

Саха норуодунай поэта Леонид Попов тылларыгар “Өлөөн эбэ үрдүгэр” хоһоонунан айыллыбыт ырыаны Өлөөн эдэр ыччатара Александр Степанович сырдык кэриэһигэр анаан ыллыыллар. Александр Степанович дойдутун Өлөөнүн олус таптыыра, дьонунан-сэргэтинэн киэн туттара, эбэҥки буоларын үрдүктүк тутара. Өлөөн гимнэ толорулуннаҕына хайдах курдук киэн туттан, иһиттэн өрө көтөҕүллэн туран ыллаһара бу харахпытыгар көстөн кэлэр. Александр Степанович аатынан сквер аһыллыытын миитинэ Российскай Федерация,Саха өрөспүүбүлүкэтин, Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун өрөгөй ырыаларынан доҕуһуолланар. Александр — Азока оҕо сылдьан 1986 сыллаахха Опера уонна балет театрын үрдүкү сыанатыттан аахпыт эбэҥкилии “Ленин Гарпалин” хоһоонун мустубут дьоҥҥо иһитиннэрэн ааһаллар, уонна кини олоҕун салгыыр Ивановтар кэнчээри ыччаттара сыанаҕа тахсаннар хоһоон ааҕаллар.

Өлөөн оройуона Александр Степанович салайар кэмигэр сайдыы үрдүк таһымыгар тахсыбыта, инники кэскилгэ бигэ акылаат ууруллубута. Улууспут социальнай-экэнэ-миичэскэй сайдыытын былаанын бары хайыскалара олоххо утумнаахтык киллэриллибиттэрэ.

Ханнык баҕарар киһи дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктабыла кини үлэтинэн-хамнаһынан, олоҕунан-дьаһаҕынан, киһи киһиэхэ сыһыанынан сыаналанар. Ону туоһулуур Александр Степанович таһаарыылаах үлэтэ, дьон махтала, ытыктабыла.

Александр Степанович барыта үчүгэй эрэ өрүттээх киһи быһыытынан өйбүтүгэр-санаабытыгар хаалар. Кини туһунан истиҥ-иһирэх тылларын Өлөөн саамай аҕа саастаах, бары сүгүрүйэр убаастыыр киһибит Николай Иванович Николаев, өр сылларга бииргэ үлэлээбит коллегата Людмила Васильевна Александрова уонна бу кини аатынан бэртээхэй сквери тэрийэн туттарбыт оройуон кылаабынай архитектора Айталина Николаевна Винокурова эттилэр.

Подробнее читайте на сайте : https://xn--80aaaaaqemr0d4akx.xn--p1ai/article/70802

Читайте также

16:38, 09.12.2024

Акция «Подарок солдату»

Общественницы "Арчы" из Кирбейского наслега Оленекского района своими силами собрали подарки для участников специальной военной операции, присоединившись к акции "Подарок солда...

10:52, 09.12.2024

Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с Днем Героев Отечества

Уважаемые якутяне! Сегодня наша великая страна отмечает День Героев Отечества. В этот день мы выражаем нашу огромное уважение и благодарность мужественным и самоотверженным ...

10:35, 09.12.2024

Отчетно-выборная конференция

6 декабря 2024 года состоялась отчетно-выборная конференция Оленекского отделения Саха (Якутская) республиканской организации Общего российского профсоюза работников государств...

Комментарии0

Еще нет аккаунта?

Регистрация