Бүгүн Өлөөн авиапордуттан Саха сириттэн 20 киһилээх делегация Красноярскай кыраай Дьэһиэйигэр көттө

17:56, 07.07.2023

Делегацияны Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Афанасий Иванович Ноев салайар.

Делегация састаабыгар СӨ тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларын миниистирин солбуйааччы Сергей Хатылыков, “Сахаада-спорт” национальнай успуорт көрүҥнэрин уонна онньууларын Ассоциацияларын Генеральнай дириэктэрэ Михаил Ершов, Уус-Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин баһылыга Лена Свешникова, “Научно-исследовательский Институт генеалогии и этнологии народов РС(Я)” уопастыбаннай тэрээһин бэрэстэбиитэлэ Афанасий Христофоров, учуонай-этнограф Анатолий Саввинов, Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгин баһылыга Александр Егоров, Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал коррекционнай оскуола-интернат учуутала, Дьэһиэй өрөгөй ырыатын ааптара, Дьэһиэйтэн төрүттээх Евдокия Боескорова, В.Манчаары аатынан национальнай успуорт көрүҥнэрин киинин хапсаҕайга уонна мас-рестлиҥҥэ тириэньэрдэрэ Виталий уонна Дмитрий Эспектэр, СМИ бэрэстэбиитэллэрэ, театр артыыстара бааллар. Маны сэргэ, Өлөөн улууһуттан “Өлөөн” МУТ дириэктэрэ Анатолий Егоров уонна “Алакуо” этнофольклорнай ансаамбыл салайааччыта Кирилл Игнатьев делегация састаабыгар киирдилэр.    

Делегация кыттыылаахтара Дьэһиэй тэриллибитэ 395 сыллаах үбүлүөйдаах тэрээһиннэригэр ыҥырыллан ыалдьыт буолуохтара уонна Дьэһиэй инники сайдыытыгар аналлаах  тэрээһиннэргэ үлэлэһиэхтэрэ. 

Надежда Колодезникова.

Источник: https://t.me/s/redsardana

Читайте также

14:29, 22.11.2024

День матери – праздник любви и заботы!

Дорогие жители и гости нашего района! Приближается один из самых теплых и трогательных праздников – День матери. Приглашаем всех вас присоединиться к этим замечательным меропри...

11:35, 22.11.2024

В Оленекском районе пройдет Декада людей с ограниченными возможностями здоровья

С 1 по 10 декабря 2024 года в Оленекском районе пройдет Декада людей с ограниченными возможностями здоровья. Сегодня в администрации района состоялось собрание, посвященное орг...

15:58, 21.11.2024

В Этнокультурном центре «Илкит» им. А.С. Иванова проводится мастер-класс по музыкальному и...

с 19 ноября в МБУК ОРЭЦ «Илкит» им. А.С. Иванова проводится обучение и мастер класс по музыкальному инструменту – хомус, который ведет виртуоз-импровизатор, пропагандист якутс...

Комментарии0

Еще нет аккаунта?

Регистрация