“Дьиэ кэргэн” күнүгэр юбилейдаах дьиэ кэргэннэри чиэстээһин буолан ааста

10:32, 19.05.2023

Өлөөҥҥө  Аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр “Дьиэ кэргэн” күнүгэр юбилейдаах дьиэ кэргэннэри чиэстээһин буолан ааста. Манна өр сыл бииргэ олорбут, бигэ тирэхтээх, чөл олоҕу, үлэни өрө туппут   ыаллар чиэстэннилэр. Бу ыаллары барыларын Өлөөннөөҕү юбилейдаах ыаллар кинигэлэригэр киллэрии саамай долгутуулаах уонна үөрүүлээх церемонията буолла. Чиэстэммит ыаллар 65,50 сыл бииргэ иллээхтик олорон, араас үлэлэргэ үлэлээбит, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ  убаастанар ыаллар буолаллар.

Мария Васильевна Семенова (Бурнашева) Уус Алдан оройуонуттан арыылаах алаастан Айхалланан, Уһун сыһыы сайылыктан Уруйданан, Өлөөн биир сэмэй, үлэһит киэн туттар ыччатыгар Христофор Семенович Семеновка кэргэн тахсан, хоту дойдуну иккис дойду оҥостубута үйэ аҥара туола оҕуста.Өлөөн нэһилиэгэ киэн туттар ытык мааны Семеновтар дьиэ кэргэттэрэ 50 сыл эйэ-дэмнээхтик олорон ус оҕону төрөтөн ийэ, аҕа үөрүүтүн билэн, элбэх сиэн тапталлаах эбээтэ, эһээтэ буолан олороллор.

Бу кун, дьиэ-кэргэн аан дойдутааҕы кунугэр бииргэ олорбуттара бэлиэ куннэринэн элбэх ыалы бэлиэтээтилэр.Кинилэри сэргэ эдэр ыаллары э5эрдэлээтилэр.

Источник: https://t.me/olenek_admin

 

Читайте также

14:29, 22.11.2024

День матери – праздник любви и заботы!

Дорогие жители и гости нашего района! Приближается один из самых теплых и трогательных праздников – День матери. Приглашаем всех вас присоединиться к этим замечательным меропри...

11:35, 22.11.2024

В Оленекском районе пройдет Декада людей с ограниченными возможностями здоровья

С 1 по 10 декабря 2024 года в Оленекском районе пройдет Декада людей с ограниченными возможностями здоровья. Сегодня в администрации района состоялось собрание, посвященное орг...

15:58, 21.11.2024

В Этнокультурном центре «Илкит» им. А.С. Иванова проводится мастер-класс по музыкальному и...

с 19 ноября в МБУК ОРЭЦ «Илкит» им. А.С. Иванова проводится обучение и мастер класс по музыкальному инструменту – хомус, который ведет виртуоз-импровизатор, пропагандист якутс...

Комментарии0

Еще нет аккаунта?

Регистрация